виртуальнай кинигэ быыстапката
Түбэ диэтэххэ Үрүҥ Күөл ахтыллар,
Үрүҥ Күөл диэтэххэ Түбэ ааттанар.
Дьөгүөр Түбэ
Нам улууһун Түбэ нэһилиэгин «Үрүҥ Күөл» тыытыллыбат резерват тэриллибитэ 30 сылын көрсө Ытык Эбэ, кини тулатын, баайа-дуола, айылҕата кэлэр көлүөнэлэргэ чөл туруктаах хааларын туһугар.
Иһинээҕитэ:
1. Дорогой читатель, В.Г.Алексеев (стр.3)
2. Озеро «Белое» - основа ресурсного резервата, О.В.Кузьмин (4 стр.)
3. Сивцев Яков Семенович (5 стр.)
4. Результаты выращивания товарных сиговых рыб на озерах Намского улуса, М.М.Тяптигиров (6 стр.)
5. Ураты харыстанар сир 30 сылынан, Р.Н.Мохначевский (14 стр.)
6. «Белоозерский» республиканский резерват, Ю.П.Ермолаев (17 стр.)
7. Ытык Эбэбит Урун Куел, М.А.Сивцева (21 стр.)
8. Розалия Егоровна Лукина (28 стр.)
9. Дьяконов Гек Дыгынович (30 стр.)
10. Үрүҥ Күөлү харыстааһыҥҥа Экотүмсүү үлэтэ, М.А.Гуляева (35 стр.)
11. Иванов Павел Павлович
12. Эбэ иэдээнэ уонна өрүһүнүүтэ, Е.И.Колмогоров (40 стр.)
13. Түбэ барахсан, Е.П.Пестряков - Дьөгүөр Түбэ (46 стр.)
14. Үөрүүй-көтүүй, Үрүҥ Күөлүм!, Е.П.Пестряков - Дьөгүөр Түбэ (48 стр.)
15. Дойдубар, И.Н.Елисеев – Усхаан (49 стр.)
16. Дэбэдэй, И.Н.Елисеев – Усхаан (50 стр.)
17. Үрүҥ Күөл, Аскалон Егоров тыл., мел. (51 стр.)
18. Ытык Эбэбин таптыыбын, Лючия Сивцева (52 стр.)
19. Ытык эбэҕэ, Үрүҥ Күөлгэ муҥхалааһыҥҥа сиэри-туому толоруу сценарийа, М.А.Сивцева (53 стр.)
20. Иһинээҕитэ (56 стр.)
Аҕа дойдуну көмүскүүр 1941-45 сыллардааҕы уодаһыннаах сэрии дьон-сэргэ чуумпу олоҕун аймаабыта. Бу улахан алдьатыылаах сэрии Нам оройуонун Түбэ нэһилиэгин эмиэ тумнубатаҕа. Бэрт элбэх ыал эдэркээн оҕолоро, ыаллар аҕалара маҥнайгы хомууртан саҕалаан сэриигэ ыҥырыллыбыттара.
“ҮРҮҤ КҮӨЛТЭН” биир дьиэ кэргэттэн түөрт бырааттыы Елисеевтар, бу уодаһыннаах сэриигэ ыҥырыллан кыттыбыттара.
Ол курдук Николай Петрович-1 кини 1919 с.т. 1942 с-ха сэриигэ барбыт алтынньыга 1942 сыллаахха сураҕа суох суппут, (Мэҥэ таас- 105 стр.), кини сэриигэ барыан иннинэ 1942 с-ха сэриигэ барыахтарын иннинэ дьонун кытта түһүспүт хаартыскатыгар кэргэнэ Хобороос көтөҕөн турар оҕото Кеша, Иннокентий Николаевич Елисеев (Усхаан) суруйааччы, кини таһаартарар айымньыларын бары таптаан, сөбүлээн ааҕабыт, аҕата баара суоҕа 23 саастааҕар сэриигэ барбыт, маны тэҥэ өссө Николай Петрович 2-ис , Семен Петрович сэрииттэн эмиэ төннүбэтэхтэрэ,
4-с уол Иннокентий Петрович 1926 с.т. 1943 сыллаахха олох оҕо сылдьан ыҥырыллыбыт, 1945 сыллаахха сэрииттэн төннөн кэлэн 1971 сыллаахха өлбүт, кини кэргэнэ Матрена оҕо сылдьан сэрии саҕана Сэмэн Никоновы солбуйан холкуоска суотчутунан хаалан үлэлээбит. Иннокентий Петровиһы киһи астына көрөр киһитэ этэ, дьон-сэргэ ахтарынан үлэ бөҕөнү үлэлээбит киһи, Үрүҥ Күөлгэ 50-с сылларга диэри холкуоска бэрэссэдээтэллээбит, кэлин Сангаарга, Намҥа олорбуттара. Кини оҕолоро эмиэ бары үөрэхтэнэн улахан үлэһит дьон, 5 оҕоттон билигин 4-рэ баар, олортон Людмила Иннокентьевна техническай наука кандидата, тыа хаһаайыстыбатын колледжин преподавателэ, доцент. Дарья, экономист-строитель, Семен Иннокентьевич федеральнай управлениеҕа электростанцияларга уонна ситимнэргэ отдел начальнига. Семен Иннокентьевич ытык дьонноро төрөөбүт сирдэригэр “Үрүҥ Күөлгэ” сэриигэ баран уонна төннөн кэлэн өлбүт буойуттар ааттарын- суолларын үйэдитэн бэйэтин үбүгэр мыраамар плитаага барыларын ааттарын суруттаран аҕалан олохтоох дьаһалтаҕа туттарбыта. Бу улахан хайҕаллаах, атыттарга холобур буолар уонна махталлаах суол. Кинилэр аймахтара Малышевтар эмиэ сэрии хонуутуттан эргиллибэтэхтэрэ.
Яков, Филипп, Егор Софронович Никоновтар эмиэ биир дьиэ кэргэнтэн сэриигэ ыҥырыллыбыттара. Икки бырааттыылар сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ, Егор Софронович 1905 с.т. эргиллэн кэлэн 1968 сыллаахха өлбүт, уола Василий Егорович врач – ренгенолог, улуус киэн туттар ыала.
Никонов Егор Иванович 1924 с.т. 1942 сыллаахха ыҥырыллан баран 1947 сыллаахха демобилизацияламмыт. 1968 сыллаахха өлбүт, Японияны кыайыы иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Кыргыттара, сиэннэрэ билигин бары Намҥа олороллор, ким медик, финансист, хореограф...
Пестряков Тимофей Львович оҕолоро, сиэннэрэ эмиэ Нам селотугар олороллор, медиктэр, банкирдар уо.д.а. кини сиэннэрэ Эверстовтар аптекалара бүтүн улууһу тутан олорор биир улахан чааһынай тэрилтэ. Тимофей Львович кэргэнэ Анна Ивановна оҕолорун суос соҕотоҕун атахтарыгар туруортаабыта, үтүө суобастаахтык
Кинигэҕэ Нам улууһун Түбэ нэһилиэгин сирэ-уота, дьонун-сэргэтин олорон ааспыт олохторо былыргы үһүйээннэртэн саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри кэпсэнэр.
Бу рукописька Түбэ нэһилиэгин хрониката суруллунна. 1700с. – 1950с. диэри Түбэ нэһилиэгэр дьон олохсуйуута, кинилэр сайдан испит эволюцията көстөр. Ону таһынан өбүгэлэрбит олорбут түөлбэлэрэ, сирдэрэ-уоттара бэлиэтэннэ
Үрүҥ Күөл 1930с. Түбэҕэ холбоһуор диэри бэйэтэ артыал эбит. Онно Никоновтар, Шариннар, Пестряковтар, Павловтар, Лукавиннар, Малышнвтар, Карамзиннар о.д.а. олорбуттар. 1942с. балык артыала тэриллэр, онтон балыгынан дьарыктанар колхоз буолар. Сэрии сылларыгар Эбэ балыга бүтүн Республика дьонун быыһаабыта диэтэххэ омуна суох буолуо. Ол курдук, сэрии сылларыгар 140 тонна балыгы балыктаан туттарбыттара. Балык артыалын П.С.Ильин, А.С.Никонов, А.Г.Дьяконов, Е.С.Никонов салайбыттара.
1970 сылтан Үрүҥ Күөлү Дьокуускайдааҕы балык собуотугар биэрбиттэрэ. Бу кэмнэргэ балык быста аччаабыта, Эбэ эстэр кутталламмыта.
1991с. элбэх туруорсуу, кердеһүү кэнниттэн, Үрүҥ Күөл Эбэбит дьэ улуус бас билиитигэр бэриллибитэ. Ити сылтан ылата күөлү быыһыыр үлэлэр утумнаахтык ыытыллаллар.
1995с. улуус баһылыгын дьаһалынан Үрүҥ Күөл Түбэ нэһилиэгин туһатыгар бэриллибитэ.